Читать онлайн полностью бесплатно Евсей Лугинов - Номох буолбут кэпсээннэр

Номох буолбут кэпсээннэр

Бу хомуурунньукка аныгы да ааҕааччы уйулҕатын хамсатар – хайа иччитин, баабыр, ат, сүүрүк дьон туһунан – мүччүргэннээх түгэннэри сэһэргиир былыргы үһүйээннэр, көстүбэт эйгэ кистэлэҥнэрин быыһын арыйар номохтор киирбиттэрэ кэрэхсэбиллээх.

Книга издана в 2021 году.

УОС НОМОҔОР

«Аны биир үйэнэн эргиллиэм!»
(Номохтон кэпсээн)

Былыр, сүүстэн тахса сыллааҕыта, Аллан эбэ кытылыгар, Уус Маайа улууһун 1-кы Эдьээнин нэһилиэгэр, Күбүү Арыыта диэн сиргэ Истиэ эмээхсин уонна Көбүө оҕонньор ииттинэр сүөһүлэригэр, соҕотох аттарыгар сайынын оттонон, эбэлэригэр туулаан, күһүнүн куобахха, куртуйахха туһахтаан – син быр бааччы ыал аатын ылан олорбуттара.

Нус-хастык, эйэ дэмнээхтик күннэрин кылгатан олордохторуна, биир сарсыарда тарбыйахтара өлөр оруутун орулаан, минньигэс ууларын аймаата. Көбүө оҕонньор уһукта биэрэн, ойоҕун соруйда: «Эмээхсиэн, борооскуҥ босхо баран тарбыйаҕын кэйдэ быһыылаах. Тахсан көр эрэ».

Истиэ эмээхсин туран таҥнан, хотонун киирэн көрбүтэ: ынахтаах борооскута быаларыттан тардыста, буугуначчы тыына, харахтарын өҥүргэһинэн көрөн тураллар эбит. Онтон «кэйдэрбит» тарбыйаҕа быатын соспутунан бу утары сүүрэн кэллэ.

– Пахай, тарбыйах быата сөллөн, босхо бардаҕын аайы маннык үргэр баҕайыта үһү дуо? – диэн эмээхсин сүөһүлэрин мөҕө-мөҕө, тарбыйаҕын соһон илдьэн оннугар баайда. Иһигэр бу тарбыйаҕы, арааската, чөчүөккэ моһуоктаата ээ дии саныы, тарбыйаҕар туһаайан иһиллэр гына: – Оттон эн, Мааныкаан, кутуйахтан соһуйан маннык айдааны тардыбат буол, – диэн хомуруйбута буола-буола, төттөрү балаҕаныгар киирдэ.

Оҕонньоро ыйыта тоһуйбутугар, тугу көрбүтүн барытын кэпсээтэ. Киһитэ истэн эрэ кэбистэ.

Сотору турар кэм буолан, эмээхсин чэйин оргутан, күөрчэҕин ытыйаары үгэҕиттэн үүттээх чабычаҕын хостообута: сүөгэйэ барыта булкуллан, иһит иһэ сүөһү, сылгы сааҕынан, бөҕүнэн-сыыһынан туолбут. Эмээхсин соһуйуу-өмүрүү бөҕөнөн киирэн оҕонньоругар кэпсээтэ, иһитин аҕалан көрдөрдө.

– Бэй, хайдах маннык буолбутай? Туох суолун быһа хааман, бу курдук хара накааска түбэстибит? – диэн Көбүө оҕонньор мунаахсыйда.

Ити итинэн ааста. Оҕонньордоох эмээхсин киирэн хоччорхой лэппиэскэлэринэн чэйдээн эрдэхтэринэ, хотоннорун аана аһылла түстэ да, ынах сааҕа кэлэн остуолларыгар «пал» гына түстэ. Онтон хончоҕордорун, лэппиэскэлэрин сиирэ-халты түһүтэлээтэ. Көбүө оҕонньор: «Хайалара дьээбэлэнэ сылдьарый?» – диэн кыыһыран оргуйа түстэ да, остуолга сыппыт быһыччатын туппутунан хотонугар лэппэрдээтэ. Аан сабыллан хаалла. Хотон аанын аһа баттаан иһир-дьэ киирэн, чүүччэйэн көрдө да, кими да булбата. Ол тухары Истиэ эмээхсин эрэйдээх тэллэҕэ тэлибирии, уҥуоҕа халыр-босхо бара оҕонньорун ырбаахытытыттан тутуһан батыһа сырытта.

Дьиэҕэ киирэн көрбүттэрэ: били лэппиэскэлэрин тобоҕо суох буолбут. Ордугун хончоҕордоро кураанахтаммыт. Истиэлээх Көбүө түбэспэтэх суолларыгар түбэһэн улаханнык моһуогурдулар, санааҕа түстүлэр. Чэйдиир чэйдээбэт икки ардынан аһаан, балаҕан иһинээҕи-таһынааҕы үлэлэрин үлэлээбитинэн бардылар.

Күнүс собо буһарынан, оҕонньор уот иччититтэн: «Көстүбэти үүр», – диэн көрдөһөн баран, баҕар, буруолаах мастан күрэнээрэй диэн, биир хардаҕаһы буруолаппытынан балаҕаннары-хотоннору далбаатаата. Ол кэннэ, санаата ситэн, күөстэрин хостоору гынан эрдэхтэринэ, хотоннорун аана эмиэ аһылла түстэ да, ынах сааҕа кыырайталаабытынан барда. Истиэ эмээхсин күөһүгэр сааҕы түһэртэримээри, былаатын эһэ охсон ылан, солуурчаҕын айаҕын саба тутта. Онон, инчэҕэй саахха илиитин сиэртибэлээтэ.

– Ээ, дьэ биллим! – Көбүө саҥа аллайда. – Хотоммут иччитэ ас көрдүүр эбит. Ыл, эмээхсиэн, көмүс хатырыктааххыттан бойум соҕустук хоторон, туоска ууран илдьэн биэр!

– Э-һээ-ээ, о-оннук э-биэ-эт! Һэ-һээ, – Истиэ буруйун билинэн, мичээрдээн мытырыйа, сэк курдук, бэрт улгумнук тиириллибит туоска өллөөҕө буолаарай диэн балыгыттан хотордо. Ол кэннэ лэппэриҥнээн тиийэн, хотон аанын айаҕар уура-уура:

– Хотоммут иччитэ-э, кырдьаҕас, түөһээҥки иччилэргэр кыыһырыма. Кырдьык даҕаны, бу тухары биирдэ да эйиэхэ анаан айах туппатах эбиппит. Уордайбыккын уҕарыт. Үөл соботтон амсай, – дии-дии, Истиэ остуолугар чугуруйан чугаһаан эрдэҕинэ, Көбүө күргүйдүү тоһуйда:

– Мииҥҥиттэн!.. Мииҥҥиттэн тордуйаҕа кутан биэр!

– Э-йиис. Ту-ууй-сиэ. Кырдьык даҕаны, аны мииммин ум-нан кэбиспиппин дии, – эмээхсин көмүлүөк кэннинээҕи наараттан тордуйа булан аҕалан, миин кутан, илдьэн уурда.

Көбүө, эмээхсинэ «хотонун иччитин» кытта бодьуустаһар кэмигэр, соботуттан сиэмэхтээн, мииниттэн сыпсырыйбахтаан хаалла. Эмээхсин кэлэн олорорун кытта, тордуйалара көрдөрбүтүнэн салгыҥҥа күөрэйэн таҕыста уонна хотон иһин диэки айах тыаһа чамырҕаан баран, бүтэҥитик иһэн киллиргэтэр тыас иһилиннэ. Тыас сүтэрин кытта, кураанахтаммыт тордуйа балаҕан ортотугар үҥкүрүс гына түстэ. Онтон балыктаах туостарын көрбүттэрэ: балыктара биир-биир күөрэйэн тахса-тахса, ойоҕосторун, систэрин, кутуруктарын уҥуохтара бытарыһан түһүтэлээтилэр. Оҕонньордоох эмээхсин сирэй сирэйдэрин көрсөн кэбистилэр, ол кэннэ дьэ холкутуйан күнүскүлээтилэр. Ити түгэнтэн ыла Көбүөлээх аһыахтарын иннинэ, «хотоннорун иччитигэр» туспа ас өлүүлээн уурар буоллулар. «Иччилэрэ» топпотоҕуна эбэтэр көтүтэн умнан кэбиһээри гыннахтарына, баарын биллэрэн силбиэтэнэн ылбахтыыр.

Биир киэһэ утуйаары сытан, оҕонньор эмээхсинигэр сипсийдэ:

– Эмээхсиэн, биһиги бу дойдуга сатанымаары гынныбыт. Сүрүн-сүрүн туттар тэриллэрбитин ылан, сыыйа-баайа, тыаһа-ууһа суох уҥуоргу өтөххө көһөн хаалыахха.



Ваши рекомендации