Читать онлайн полностью бесплатно Надежда Николаева, Василий Полятинский - Лилий якутских, огнями, живые. Поэтические переводы с якутского языка

Лилий якутских, огнями, живые. Поэтические переводы с якутского языка

Каждое слово своё дорогое,Выйду я в поле, букетом сплету,Будут стихами цветы полевые,Трепетно, ясно спою красоту. Лилий якутских, огнями, живыеСтрочки, росою, обняв теплоту,Первых подснежников, явью земные,Тихо расскажут заветну мечту.

Переводчик Василий Васильевич Полятинский


© Василий Полятинский, 2018

© Надежда Николаева, 2018

© Василий Васильевич Полятинский, перевод, 2018


ISBN 978-5-4490-6779-1

Создано в интеллектуальной издательской системе Ridero

Таптаһар сүрэхтэр

Ыйдаҥа киэһэҕэ халлааҥҥа,
Сулустар мичиҥнии оонньуллар,
Таптаһар сүрэхтэр көрсүһэн,
Уостубат кутааҕа умсаллар.
Үҥкүүгэ киирэннэр эргийэн,
Тапталга куустаран тэлээрэн,
Иэйиигэ бүтуннүү бэринэн,
Эргийэн, тэлээрэн, үҥкүлээн.
Долгуйан туймааран ылаллар,
Даҕайсан ыксары сысталлар,
Харахтар уоттара сырдааннар,
Туланы киэргэтэр курдуктар.
Уол оҕо кулгааҕар сипсийэр,
Кыыс оҕо күлүүтэ иһиллэр,
Тапталга билинэр тыллара,
Дьолунан куттарын толорор.
Надежда Николаева
28.03.17

СЧАСТЬЯ, НАДЕЖДЫ И ВЕРЫ РЕАЛЬНОЙ

Вечер весенний в сиянии лунном,
Небо в мерцании звёздочек ярких,
Любящих нежно в порыве сердечном,
Встреча двоих в отношениях близких.
Танцем закружатся, в вальсе прекрасном,
Тактом любовным в объятьях вселенских,
Чувства раскроются в свете чудесном,
Будет весь мир на ладошках горячих.
Мигом волнующим, в трепете звонком,
Силой влеченья желанья обоих,
Очи влюблённых сияющим взглядом,
Свет излучают, в галактиках дальних.
Шёпот любви, вновь, застенчивым вздохом,
Смех здесь девичий, всем звоном хрустальней,
Слов всех ответ волшебства фейерверком,
Счастья, надежды и веры реальной.
Василий Полятинский
28.03.17

Ыанар хатыҥнаах ыам ыйа

Ыас хара былыттар,
Ыадаһан тахсаннар,
Ыанньыйбыт илгэнэн,
Ыарҕаҕа куттулар.
Үөрүүбүн уксэтэн,
Үөт талах үрдүнэн,
Үөһэттэн таммалыыр,
Үөрүү, дьол кыырпаҕа.
Иэнэ да биллибэт,
Иэҕэспит былыттар,
Иэйэр кут тойугун,
Иэйэннэр ыллыыллар.
Уоттаах ый сырдыга,
Уостубут тапталы,
Уоскутан эрэрдии,
Уот кыымын ыспахтыыр.
Ыам ыйа барахсан,
Үөр былыты аҕалан,
Иэҕиллэр талаҕы,
Уоҕурдан аастаҕа.
Надежда Николаева
29.03.17

Движение сока

у деревьев весной,

известно под названием

«весеннего плача деревьев».

ПЛАЧУТ В МАЕ БЕРЁЗЫ

Набежали туманами плотные тучи,
Заклубились над вешней парящей землёй,
Серебристые струны дождинок созвучий,
Окропили поля благодатной слезой.
Восхищаешься образом ивы плакучей,
Откровенностью радости грёз высотой,
Благозвучием песни, полётом, певучей,
Переливами счастья, капЕль, красотой.
Бесконечностью космоса, вечно живущей,
Затаённостью чувств безмятежной мечтой,
Музыкальностью душ, все стремленья чудесней,
Озаряют навечно своей чистотой.
Отражением лунным, любовною песней,
Утешает весна переменой простой,
Вновь симфонией солнечной, нотой весенней,
Расплескалась мелодия первой грозой.
Расшумелись под ветром берёзы, смятенно
И, расплакались майской счастливой слезой,
Оглянитесь, как время порою бесценно,
Призадумайтесь верной, надеждой святой.
Василий Полятинский
29.03.17

Үчугэйиэн дьарбайыаҕы

Мутукча сытынан дыргыйан,
Сылаас тыынынан илгийэн,
Халаан уутунан халыйан,
Саас кэллэ, оргууй киэргэйэн.
Сардаҥанан күлүмүрдээн,
Харалдьыкка күн күүлэйдээн,
Тоҥуй сүрэҕи ириэрэн,
Үүннэ ньургуһун чэлгийэн.
Тула барыта киэркэйдэ,
Кустук өҥүнэн ооньоото,
Сир сириэдийэ көҕөрдө,
Күөрэгэй үөһээ көччүйдэ.
Чараҥҥа хатыҥ суугунуур,
Уолчаан кыыһы кистээн ууруур,
Саҕахтан тахсар күн уһуур,
Сардаҥа күөлгэ ойолуур.
Үчүгэйиэн, дьарбайыаҕы:
Сыһыы устунан хаамыаҕы,
Сүрэҕи үөрдэ ыллыаҕы,
Сааһы көрсө айхаллыаҕы.
Надежда Николаева
26.01.17

Мутукча (якут.) – хвоя лиственницы;

Саас (якут.) – весна;

Сылаас (якут.) – тепло;

Тыын (якут.) – дыхание.

ПОЖЕЛАЕМ В СВИДАНИЯХ СЧАСТЬЯ ДВОИМ

Аромат изумрудной якутской тайги,
Излучается тёплым дыханьем весны,
Переливом небес, синевы, ручейки,
Благозвучным журчаньем нектара полны.
Лучезарным сиянием, солнца, лучи,
Отогреют сердца тех, чьи души близки,
Из промёрзшей землицы, как счастья ключи,
Прорастут вновь подснежников, чуда, цветки.
Расцветает весна, трепетаньем свечи,
Разноцветьем весенним все краски ярки,
Мелодично звучат саксофоном любви,
Колокольчиком звонким всех звёзд огоньки.
Белоснежность берёзовых рощиц в дали,
Раскрывается ясным рассветом зари,
Поцелуями юноши тайн, журавли,
В поднебесье курлычут, как надо любить.
Лебедиными крыльями девичьих грёз,
Не прервётся симпатий всех тонкая нить,
Да пребудет надежда, бальзам всех сердец,
Пожелаем в свиданиях счастья двоим.
Василий Полятинский
30.03.17

Тылларым сибэккилэр

Хас биирдии тылларбын,
Хонууга тахсаммын,
Харыстыы тутаммын,
Хомуйан үргүүбүн.
Истиҥ тылларым,
Сардаана сибэккилэр,
Баҕа санааларым,
Бастыҥ ньургуһуннар.
Иэйиим тыллара,
Хонуубун симииллэр,
Үөрбүт куттарым,
Тиэргэммэр үүнэллэр.
Киэркэйэ тырымнааҥ,
Тоҥ буору тобулан,
Сыһыыбын маанылааҥ,
Дьэрэкээн өҥүнэн.
Сибэккилээх хонуубар,
Астына дьаарбайыам,
Дьоллоохтук сананан,
Хаамыаҕым манньыйа.

Даурская лилия, на якутском языке «Сардаана»

– имя якутской девушки.

Единственный тропический цветок,

растущий на вечной мерзлоте.

Надежда Николаева
03.11.16

ЛИЛИЙ ЯКУТСКИХ, ОГНЯМИ, ЖИВЫЕ

Каждое слово своё дорогое,
Выйду я в поле, букетом сплету,
Будут стихами цветы полевые,
Трепетно, ясно, спою красоту.
Лилий якутских, огнями, живые,
Строчки, росою, обняв теплоту,
Первых подснежников, явью земные,
Тихо расскажут заветну мечту.
Строфы душевно, раскроют отныне,
Вёсен порою, небес высоту,
Слушайте люди, бесценно мгновенье,
Лирой поэзии, петь на свету.
Радостью светлые, слогом простые,
Конец ознакомительного фрагмента.


Другие книги авторов Надежда Николаева, Василий Полятинский
Ваши рекомендации