* * *
1921 с. күһүнэ Алдан-Маайа улууһугар булт үчүгэйдик бултатан олохтоохтор санаалара көннө. Куонаан Киристэпиэрэбис Микииппэрэп диэн саха киһитэ манна сааһын тухары булдунан ииттинэн олорбута.
Кини аҕата Байаҕантай улууһун, ийэтэ I Амма улууһун Дьоҥку нэһилиэгин дьоно этилэр буолан баран дойдуларыттан тэйэн, манна олохсуйан, олорон ааспыттара.>47 Куонаан үрдүк уҥуохтаах, онно сөп модьу-таҕа эттээх-сииннээх, хара бараан, уоттааҕынан сытыытык көрбүт 32-лээх эр бэрдэ. Кэргэннээҕэ уонна 4 кыра оҕолооҕо. Үчүгэй булчут, сүрэхтээх-бэлэстээх үлэһит буолан, куһаҕана суохтук олорбуттара. Дьон-сэргэ ортотугар да үчүгэй ыалынан биллэллэрэ, ытыктабылынан туһаналлара.
Куонаан алта оҕолоох кырдьаҕас абаҕалаах. Дьон-сэргэ ортотугар улахан аптарытыаттаах киһи этэ. Куонаан абаҕатыныын олус үчүгэй сыһыаннааҕа. Абаҕата киниэхэ, аҕата өлбүтүн кэнниттэн, аҕатын солбуйбута. Сэбиэскэй былаас олохтоммутугар абаҕатын насревком бэрэссэдээтэлэ оҥорбуттара. Абаҕата насревком буолан да баран дьоҥҥо сыһыанын уларыппатаҕа, нэһилиэгин дьонун ыкпатаҕа-түүрбэтэҕэ.
1921 с. күһүнүгэр Куонаан, бэрт уһун кэмҥэ ыраата баран, бултуу сылдьыбыта. Байанайа өлгөмнүк маанылаан, үөрэн-көтөн, сыарҕа хаара түспүтүн кэннэ, сыарҕалаах атынан дьиэлээн испитэ. Ол иһэн, абаҕатын аахха таарыйан ааһарга быһаарыммыта.
Арай абаҕата аах олорор олохторугар чугаһаан истэҕинэ, ый-хай айдаан бөҕө, ытаһыы-соҥоһуу иһилиннэ. Чараас тыаны туораатын кытта билэр түөлбэтэ – хас да ыал түһүүлэнэн олорор дойдута арылынна: ыаллар тастарыгар киһи бөҕө. Аттаах дьон төттөрү-таары ойуталлар, сатыылар аймалаһаллар. Тоҕо эрэ бары саа сүгэһэрдээхтэр.
«Тыый! Туох буоллаҕай? Иэдээн буолбут быһыылаах!» – Куонаан атын чугурус гына түһүөр диэри тарта. Ол да буоллар, абаҕалааҕа олорор балаҕаннарын туһулаан хаамтаран истэ.
Сэргэҕэ чугаһаан истэҕинэ, икки бэрдээн сүгэһэрдээх бөтөстөр атын тэһиинин икки өттүттэн харбаан ыллылар. Куонаан сыарҕатыттан түһэ биэрдэ, көрбүтэ: арай, билэр уолаттара дьэргэйэн аҕай сылдьаллар эбит.
– Бу туох буола сылдьаҕыт?! Киэр буолуҥ! Миигин билбэккит дуо?! – диэт уҥа-хаҥас ыһыталаан кэбистэ.
– Хамандыыр ыыппыта! Хамандыырга бара сырыт! – уолаттартан биирдэстэрэ, хаарга түспүт бэргэһэтин тэбии-тэбии, өс саҕа буолла.
Куонаан дьиэҕэ киирбитэ, саҥаһа ытыы олорор.
– Хайа, саҥаас! Туох буолла? Уоскуйа түс уонна кэпсээ, истэбин! – Куонаан үтүлүктээх бэргэһэтин сыҥаһа ороҥҥо уурда, бэйэтэ олордо.
– Куонаан, абаҕаҕын, ити саалаах дьон тутан, илиитин кэлгийэн илдьэ бардылар: «Өрөпкүөм эбиккин! Өрөпкүөмнэри өлөртүүр дьаһал баар!» – дииллэр. Туох буруйбут-аньыыбыт иһин алта оҕобут тулаайах хаалар аналламмыттара буолла! – саҥаһа хат ытаан барда. Оҕолор эмиэ ытастылар.
– Саҥаас, уоскуй, ытаама! Тугу эмэ тобулуохпут! Оҕолор эмиэ ытаһымаҥ! Мин абаҕабын өлөртөрүөм суоҕа! – Куонаан, дьиэ өһүөтүгэр төбөтүнэн анньыллар баараҕай улахан киһи, тура эккирээтэ.
Оҕолору биир-биир төбөлөрүттэн имэрийдэ. Ахсыларынан сыллаан ылла. Саҥаһын санныттан кууста уонна таһырдьа таҕыста.
Үрүҥ хамандыыра түһэн олорор дьиэтин ыйдаран, онно тиийдэ. Дьиэҕэ киирбитэ: саас ортолоох, кытаанах баҕайытык көрбүт-истибит, үөһээ уоһугар тор курдук бытыктаах киһи кини диэки хаһымардаахтык көрө-көрө чэйдии олорбутун кубулуппата.
Куонаан дорооболосто, аатын-суолун эттэ уонна көрдөһөн киирэн барда:
– Мин эһиги туппут өрөпкүөмҥүт быраатынабын. Абаҕам баҕатынан өрөпкүөм буолбатаҕа. Күүстэринэн талан кэбиспиттэрэ. Хайыыр да кыаҕа суоҕа. Кими да атаҕастаабатаҕа. Дьонтон ыйытыҥ – туоһулуохтара. Ким да хом санаата суоҕа буолуо. Алта кыра оҕолоох, сааһырбыт киһи. Мин түөрт оҕолоохпун. Онон, тойон, эйигиттэн хоолдьуктаах бэйэм хоҥкуйан, үҥэн-сүктэн көрдөһөбүн – абаҕабын өлөртөрүмэ! Босхолоо!
– Мин үрдүкү хамандыырдарбыт – нуучча тойотторун дьаһалларын толоробун! «Өрөпкүөм барыта өлөрүллүөхтээх» диэн дьаһайаллар! Ону хайыыр да кыаҕым суох! Биһиги өлөр-тиллэр икки ардынан сылдьар сэрии дьонобут! – хамандыыр тойон өһөхтөөҕүнэн көрүтэлээтэ.
Уҥа-хаҥас көрдөҕүнэ хараҕын үрүҥэ быһах биитин курдук килбэҥниир. Куонаан көрдөспүтүн кубулуппата. Элэ-была тылын барытын эттэ. Бэрт уһуннук ылахтастылар. Бүтэһигэр тойон сылайа быһыытыйда быһыылаах: Куонааны баһыттан атаҕар диэри сирийэн, болҕойон көрдө:
– Дьэ, олус да өһөс-ньоҕой киһи эбиккин, быһыыта! Эн мин этэрбин ылыннаххына, тойотторум дьаһалларын кэһэн туран, абаҕаҕын босхолуом! Мин этэрбин ылыныаҥ дуо? «Ылыныам» диэн тылгын аҕал! Ылымматаххына – абаҕаҕын күн бүгүн ытабыт! Бытырыыстаах да быыһыа суоҕа!
Куонаан абаҕатын тыыннаах хаалларар түгэни мүччү туппат инниттэн:
– Саатар эрэ! Абаҕам уонна кини оҕолорун туһугар тугу этэргин барытын толоруом! Эн этиигин ылынабын! – Куонаан үөрүүтүттэн тура эккирээтэ.
– Дьэ, оччоҕо иһит! Биһиги бассабыыктары, чыкаалары утары сэриилэһэбит! Онно элбэх сыра-сылба, күүс-күдэх, сытыы өй-санаа мунньуллара наада! Сыылба-мөлтөх дьоҥҥо наадыйбаппыт! Биһиэхэ бу эн курдук эр бэрдин бэрийэр бэртэрэ наадалар! Мин эйиэхэ этэрим маннык: Биһиэхэ холбос! Эн хорсун саллаат, сыыйа үчүгэй хамандыыр буолуоххун сөп киһи эбиккин!
Дьэ, билигин иккиттэн биирин талаҕын: эбэтэр биһиэхэ холбоһоҕун – абаҕаҕын быыһыыгын! Эбэтэр абаҕаҕын биир-биэс тыла суох бүгүн ытабыт!