Читать онлайн полностью бесплатно Сандаара Кулаковская - СЛУЖЕНИЕ ЛЮДЯМ. Читатели о книге «Леонид Григорьевич Синявин: миссионер, просветитель, общественный деятель»

СЛУЖЕНИЕ ЛЮДЯМ. Читатели о книге «Леонид Григорьевич Синявин: миссионер, просветитель, общественный деятель»

В 2018 году вышла книга «Леонид Григорьевич Синявин: миссионер, просветитель, общественный деятель», которая рассказывает о ярком представителе русской интеллигенции начала XX века на северо-востоке Азии.

Составитель Сандаара Кулаковская


ISBN 978-5-0050-6871-2

Создано в интеллектуальной издательской системе Ridero

Киирии тыл

«Леонид Григорьевич Синявин: миссионер, просветитель, общественный деятель» диэн кинигэ 2018 сыл бүтүүтүгэр күн сирин көрбүтэ. Кинигэни иилээн-саҕалаан ийэм Петрова Валентина Дмитриевна таһаарбыта. Кини ити үлэтигэр архыыпка хараллан сытар докумуоннары бэрийэн ырытыыга сүрүн хайысханы биэрбит уонна тэҥҥэ үлэлэспит историческай наука дуоктара, Саха сирин XIX—XX үйэлэргэ историятын уонна Хотугулуу-Илиҥҥи Азия норуоттарын этноисториятын чинчийэн үөрэтиигэ элбэх научнай суруйуулаах Сардана Ильинична Боякова буолар. Ону тэҥэ, аҕабыыт Синявин сиэннэрин, хос сиэннэрин, аймахтарын кыһамньылара кинигэ тахсарыгар төһүү күүс буолбута диэн бэлиэтиир тоҕоостоох.

Кинигэ архыып докумуоннарын, хаартыскалары түмтэ. Мин бэйэм ордук Синявин миссионер аналын толоро сылдьар кэмигэр суруллубут күннүгүн уонна бэлиэтээһиннэрин биһирии аахтым, олус диэн сөхтүм: хоту олорор дьон олохторун чэпчэтэ, үөрэххэ-билиигэ угуйа, кинилэри итэҕэлгэ киллэрэ сылдьан миссионер төһөлөөх ыарахаттары көрсүбүтэ буолуой? Ол да буоллар суруктарыгар биирдэ да үҥсэргээбэтэх, суламматах, уустук олоҕу ыарырҕатан киэр хайыспатах үтүө санаалаах, сырдык көрүүлээх киһи эбит.

Сыаркап үлэһитэ буолан биир сиргэ түптээн, аа-дьуо улахан дьиэ кэргэн күннээҕи кыһалҕаларынан эрэ олоруон сөп этэ, ол гынан баран кини ырааҕы көрөрө. Аҥардас миссионер аналын Халыма уокуругар Хотугу муустаах муора кытылыгар тиийэ толорбута, кэлин Бүлүүгэ баран араҥ ыарыылаахтар олохторун чэпчэтээри хас эмэ сыл устата үлэлээбит түгэннэрэ элбэҕи этэр. Дьиҥ чахчы үрдүк аналлаах, булгуруйбат соруктаах киһи буолан күннээҕи түбүгү, уустук олоҕу ыарахан диэбэккэ олорон-үлэлээн ааспыт хорсун киһи эбит.

Дьиҥинэн, миссионер буолар диэн хайдаҕый? Күннээҕи тус олохпун ылан көрдөхпүнэ, холобура, биир бэйэм саҥа кинигэни ааҕан баран туох эрэ туһалааҕы булан дьоҥҥо кэпсээтэхпинэ, үгүс киһи ылыммакка, уруккаттан бэйэлэрэ билбиттэрин эрэ өрө туталлар. Кинилэр санааларын тосту уларытар, бэйэҕэр тардар күчүмэҕэйдээх. «Арай ити курдук бэйэм миссионер буолан, олох атын көрүүлээх, атын тыллаах омуктары сатабыллаахтык таба тайанан итэҕэлбэр киллэриэм, болҕомтолорун тардыам этэ дуо?» – диэн бэйэм бэйэбиттэн ыйытабын.

Ол курдук, Леонид Григорьевич таҥараҕа итэҕэлиттэн ураты, кини дьоҥҥо үтүө сыһыана ааҕааччы болҕомтотун тардыа. Дьону эмтээн, оҕолору үөрэтэн, киһи туһугар олорбут, бэйэтин харыстаммакка инники күөҥҥэ сылдьыбыт, аһыныгас санаалаах уһулуччу киһи эбит. Кини олоҕо барыбытыгар холобур дии саныыбын.

Маннык киһи ааспыт олоҕо-үлэтэ баччааҥҥа диэри чинчийиллибэккэ, үөрэтиллибэккэ, суола-ииһэ суох хаалбыта олус хомолтолоох этэ. Ону өйдөөн туран, Леонид Синявин ыччаттара бэйэлэрэ баҕа өттүнэн, маннык чинчийэр үлэни уонна кинигэ таһаарыытын көҕүлээбиттэрэ хайҕаллаах. Үтүөҕэ, сырдыкка олоҕун анаабыт ураты киһи туһунан дьиҥ чахчы матырыйаал хомуллан, кинигэ буолан тахсыбыта кэрэхсэбиллээх.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай библиотекатыгар 2018 сыл алтынньы 30 күнүгэр кинигэ сүрэхтэниитигэр кэлбит ыалдьыттар тыл эппиттэрин, санааларын үллэстибиттэрин сурукка түһэрэн үйэтитэр сыаллаах дьоҕус «кинигэ туһунан кинигэ» буолан тахсыбытын илиигитигэр тутан тураҕыт.


Сандаара Кулаковская

Слово составителя

Книга «Леонид Григорьевич Синявин: миссионер, просветитель, общественный деятель» вышла в свет в 2018 году. Это книга о том, чье имя до сих пор было загадкой. И очень трогательно то, что ранее неисследованные стороны жизни и деятельности такого незаурядного человека объединились в одной книге по желанию и инициативе потомков Леонида Синявина.

Стремление родных рассказать о дедушке поддержала моя мать, педагог и радиожурналист Валентина Дмитриевна. Но в этом трудоемком процессе написания сборника она была не одна. Научным редактором и консультантом была доктор исторических наук Сардана Ильинична Боякова, автор многочисленных публикаций по истории Якутии и этнической истории народов Северо-Востока Азии.

Биографическое повествование в книге полностью основано на архивных материалах. Мне больше всего запомнились записки и дневник отца Леонида. Современному человеку сложно даже представить, сколько трудностей и невзгод встретил он на миссионерском пути, просвещая людей, пытаясь передать им не только веру и знания, но и теплоту души. Между тем, нет в его записях ни нытья, ни стенаний, ни жалоб о плохих условиях труда и жизни. Как служитель церкви он мог работать и жить заботами своей большой семьи, но взгляд его был устремлен вдаль. Даже тот факт, что на протяжении нескольких лет как священник близко общался с больными, проводил службу в Свято-Пантелеймоновской церкви при Вилюйском лепрозории, говорит о самоотверженности и преданности служению людям. Все это было под силу только тому, кто руководствуется высшими целями ради всеобщего блага.



Ваши рекомендации