Читать онлайн полностью бесплатно Сомоҕо - Саллаат уонна таптал

Саллаат уонна таптал

Эдэркээн учуутал Эрчим Быгаанап Ньукуолун саҕана аармыйаҕа ыҥырыллан, сулууспалыыр чааһыгар – Чукоткаҕа силлиэлээх-буурҕалаах муус-хаар дойдуга биирдэ баар буола түһэр.

Автор:

Книга издана в 2020 году.

Сырдык сыдьаайдаах Сомоҕо

Былыр-былыргыттан тоһуттар тымныы будулуйан турдаҕына, балаҕан иһигэр көмүлүөк оһох барахсан бачыгырыы умайан сылааһынан угуттаан, сырдыгынан сыдьаайан күө бааччы астык, нуурал эйгэни үөскэтэн саханы абыраан кэллэҕэ. Син ол тэҥэ тулаларыгар үтүө сыһыаннарынан, эйэҕэс-сайаҕас, үөрүнньэҥ майгыларынан, кылгастык да алтыһан ааспыкка сырдык санааны саҕар, киһи киһитэ дэтэр дьоһун-мааны дьон олоҕу киэргэтэллэр. Өбүгэ айыы сиэрин-үгэһин иҥэриммит, көнө сүрүнүн утумнаабыт удьуор харалы биһиги кэммит биир биһирэмнээх бэрэстэбиитэлинэн суруйааччы Сомоҕону ааттаатахха, бука, үгүстэр сөбүлэһиэхтэрэ.

Кини учууталын Далан алгыһынан уус-уран айымньы умсулҕаннаах чээл күөх хонуутугар киирбит кэмнэрин өйдөөн кэллим. Лоп курдук сүүрбэ сыл анараа өттүгэр саха ааҕааччыларын үөрдүбүт кэрэхсэбиллээх тэрээһини кинигэ кыһата, суруйааччылар, «Чолбон» сурунаал уонна бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ кыттыһан оҥорбуппут. Оччолорго, 90-с сылларга айар тыл аҕалара буолбут норуот суруйааччылара утуу-субуу олохтон баран, айар дьоҥҥо үөһэттэн өйөбүл мөлтөөн, кинигэ бэчээттэниитэ аҕыйаан, литература сайдар хамсааһына аҕырымныы быһыытыйбыт кэмэ этэ. Дьэ ол буом соҕус бириэмэҕэ, хоһоонньут кыргыттары сэргэ түөрт эдэр уонна саастарын үгэнигэр сылдьар лиҥкир эр дьон биир сылга кэпсээн, сэһэн кинигэлэнэн айар эйгэҕэ киирбиттэрэ ааҕааччыга соһуччу соҕус сонун түгэнинэн буолбута. Павел Федоров-Сомоҕо «Ол ыҥырар тырымнас уоттар», Константин Эверстов «Туман буолбут таптал», Уйбаан Ойуур «Буурҕа» уонна Василий Бочкарев «Өрөөбүт уоспун өһүлэн» кинигэлэрин бииргэ биһирэмнээн киэҥ кэпсэтии дьоро киэһэтэ дьону-сэргэни сэргэхсиппитэ. «Саҥа суруйааччылар аҕыйахтар, аныгы сонун тиэмэлэргэ үлэлээччилэр кэмчилэр дииллэр. Оннук буолбатаҕын бу көрсүһүүбүт көрдөрөр, – диэтэ бастакынан тылы ылбыт «Бичик» кылаабынай редактора. – Биһиги бу билсиһиннэрэр ааптардарбыт балачча бэчээттэммит, литератураҕа ис сүрэхтэриттэн баҕаран, бэринэн туран үлэлииллэр. Онон, кинилэр бастакы кинигэлэрин билиһиннэрэр ордук үөрүүлээх уонна бу үлэлэрэ быйыл саха уус-уран литературата төрүттэммитэ 100 сылын туолар кэрэ-бэлиэ үбүлүөйүн көрсө дьоһуннаах бэлэхтэринэн буолар». Маннык иһитиннэриини хаһыакка биэрбит суруналыыс, суруйааччы С.Р. Данилов, салгыы П.Д. Аввакумов, Тумат, Харысхал, Г.В. Попов, В.А. Тарабукин, П.П. Флегонтов, о.д. а өрө көтөҕүллэн туран эҕэрдэлээбиттэрин, айымньылары ырыппыттарын сурукка тиспит эбит. Дьэ ити курдук хас да ааптары бииргэ сомоҕолоон биһирэм кэпсэтии таһаарарга көҕүлээччинэн Байбал Сомоҕо буолбута. Театр артыыстарын В.Апросимовы, К. Михайловы, ырыаһыт Д. Тихоновы, Чурапчы Дириҥиттэн бэйэтэ салайар айар түмсүүтүн кытыннаран тэрээһини киэргэппитэ. Бастакы кинигэтэ ордук ыччаты таарыйбыта бэчээккэ сэҥээриилэр ааттарыттан да өтө биллэр: эдэрдэр Матрена Борисова «Тырымнас уоттар» туохха ыҥыраллар?», Марфа Далбаева «Саҥа суолу арыйар айымньылар», Жанна Леонтьева «Сомоҕо сонун суолу тэлэр» диэн санаа үллэстибиттэрэ. Ону сэргэ Мария Сидорова, Иннокентий Окоемов, Данил Макеев, биллиилээх суруйааччылар Тумарча, Петр Аввакумов ааптар олох сытыы, мөккүөрдээх түгэннэригэр толкуйдуурга ыҥырар суолталаахтарын бэлиэтээбиттэрэ. Онтон ыла Павел Петрович хонноҕо аһыллан тахсыылаахтык үлэлиир. Айар дьарыгы көхтөөх уопсастыбаннай үлэни кытта сатаан дьүөрэлиир.

Кинини бодоруһан билсиэхпиттэн үгүстэртэн уратылаһар хаачыстыбатын ордук бэлиэтии-биһирии көрөбүн. Бар дьон, төрүт сир туһугар бэриниилээх, кыһаллыгас, эппит тылыгар туругас көнө майгытын. Байбал бэйэтин туһугар мөхсүбэккэ, наар атыттар тустарыгар кыһаллар-мүһэллэр түбүктээх. Дойдутун үлэһит, биллиилээх дьонун, суруйааччыларын ааттарын-суолларын үрдүктүк тутарга, үйэтитиигэ сыратын биэрэн сүүрэр-көтөр, туруорсар-кэпсэтиһэр идэлээх. Тус бэйэтинэн көҕүлээн, дьону түмэн үлэлээн үтүө түмүктэри ситиһэрин биир дойдулаахтара, чурапчылар, астынан кэпсээччилэр. Норуокка умнуллубат үтүөлээх саха саарыннарын, улуус киэн туттар туруу үлэһиттэрин, тэрилтэлэрин, билиҥҥи кэм бэлиэ дьонун бэчээккэ сырдатта, кэккэ кинигэлэри таһаартарда. Олортон аҕыйаҕы аҕыннахха, Даланы педагог быһыытынан киэҥ эйгэҕэ билиһиннэрэр «Умнуллубат «Дьикти саас» оҕолоро» (2008), «Учуутал дьоло – үөрэнээччилэрин ситиһиилэригэр» (2012), Аан Дархан М.Е.Николаевка «Барҕа махтал Чурапчы дьонуттан!» (2014), Ил Дархан Е.А. Борисовка анаммыт «Боотур Уустан Ил Дархан» (2014) кинигэлэри саха дьоно биһирэбилинэн көрсүбүтэ. Үйэтитиигэ дьаныһан дьарыктанан, кини – сэрии содулугар эстибит Мэлдьэхси нэһилиэгин Чоччууда алааһыгар уот сэриигэ барбыттарга, Чурапчы көһөрүллүүтүн сиэртибэлэригэр өйдөбүнньүк уонна саха бастакы норуодунай худуоһунньуга П.П. Романов төрөөбүтэ 100 сылыгар мэҥэ комплекс оҥоһуллуутун сүрүн тэрийээччи.

Тыа сиригэр Суруйааччы сойууһун үлэтин, литератураны сырдатыыга, айар дьарыгы тарҕатыыга күүскэ үлэлиир. «Дириҥ уоттара» литературнай түмсүүнү уонча сыл устата салайан үлэлэппитэ. Саха омук чиэһин, кырдьыгын көмүскээһиҥҥэ олоҕун тухары охсуспут талааннаах суруйааччы Иван Федосеев-Доосо аата кини төрөөбүт Хоптоҕотун орто оскуолатыгар, сэрии туһунан бастакы «Көмүскэ уута» романы саха литературатыгар кэриэс кэбиспит буойун-суруйааччы, учуутал Алексей Бродников аатын Төлөйгө «Аартык» норуот айымньытын дьиэтигэр кини быһаччы көҕүлээһининэн уонна улахан сыратынан, дьулурҕа дьулуурунан иҥэриллэллэрэ ситиһиллибитэ. Убай туттубут биир идэлээхтэрин Сэмэн Туматы, Тумарчаны, Роман (Сэмэн) Даниловы, Василий Петров-Айылы мэлдьи өрө тутан, үбүлүөйдэрин тэрийиигэ салалта, бар дьон өттүттэн харааннааһыҥҥа, өйөбүлгэ, сырдатыыга өр сылларга үлэлэһэн кэллэ. Өрөспүүбүлүкэ, олохтоохтор интэриэстэрин көмүскээн туруулаһыыга Саха уопсастыбаннай киин, Саха конгреһын көхтөөх кыттааччытын быһыытынан уонунан сылларга үлэтэ – бэйэтэ туһунан киэҥ кэпсээн. Ол иһин аҥаардас соҕотох түгэни ойо тутан ахтан аһарыым.



Ваши рекомендации