Читать онлайн полностью бесплатно Семён Данилов - Дойду ахтылҕана

Дойду ахтылҕана

Бу томҥа саха народнай поэта Семен Петрович Данилов 1937–1965 сылларга суруйбут хоһоонноро, поэмалара киирдилэр.

Книга издана в 2013 году.

ААҔААЧЧЫЛАРГА

Семен Данилов 1977 сыллаахха талыллыбыт айымньыларын бэйэтэ икки томҥа таҥмыта. Бастакы томугар 1966–1976 сс. суруйбут айымньылара, иккис томҥа 1937–1965 сс. суруллубуттара киирбиттэрэ. Оттон 2005 сыллаахха олохтоммут «Саха народнай суруйааччылара» диэн сериянан тахсыбыт бастакы томугар кини огдообото Анна Данилова уонна народнай поэт Михаил Тимофеев бэлэмнээбит талыллыбыт лириката «Айыы сыдьаайа» диэн аатынан, мин киирии тылбынан бэчээттэммитэ. Оттон субу иккис томҥа, хронологияны тутуһан, 1937 сылтан 1965 сылга диэри суруллубут хоһоонноро уонна поэмалара киирдилэр.

Салаалар поэт урут тахсыбыт кинигэлэрин ааттарынан «Мин дойдум», «Аймах дьонум», «Эйэлээх куорат», «Хотой дьоло», «Күн таммаҕа», «Алаас сулустара» диэн ааттаннылар. Манна Семен Данилов поэт быһыытынан үүнэн-сайдан испит суола ырылыччы көстөр. Ол курдук, бэйэтэ суруйбутунуу, маҥнай норуот ырыаларын олуктарыгар чугаһатардыы олоххо чахчы буолбут түгэннэри хоһуйбут эбит буоллаҕына, 60-с сылларга поэт айымньылара дириҥээн, олоҕу бөлүһүөктүү көрүүтэ ситэн сириэдийбит. Ордук «Алаас сулустара» диэн кинигэтигэр киирбит хоһоонноро чахчы да поэт аатын ааттатар айымньылар. Итиннэ «Олоҥхо кэнниттэн», «Сайыҥҥы Сиинэ», «Сайылык», «Саха үҥкүүтэ», «Ырыа туһунан», «Бастакы хаар» диэн чулуу хоһоонноро киирбиттэр. Дэлэҕэ да итилэртэн үгүстэрэ ырыа буолан күн бүгүҥҥэ диэри ыллана сылдьыахтара дуо?

60-с сыллар, уопсайынан, саха поэзията саҥа кэрдиис кэмҥэ тахсыбыт бэлиэ сыллара этилэр. Ити саҕана Леонид Попов, Рафаэль Баҕатаайыскай, Моисей Ефимов, Иван Гоголев, Савва Тарасов, Михаил Тимофеев ордук тахсыылаахтык үлэлээбиттэрэ. Кинилэр айымньылара, нууччалыы тылбаастанан, поэзияны киэҥ ыырга таһаарсыбыттара. Дьэ ити дьонтон биир бастаан иһээччинэн Семен Данилов буолан, ити сыллартан Россия бастыҥ поэттарын иһигэр аата ааттанар буолбута.

Кэлиҥҥи көлүөнэ ааҕааччыларга поэт маастарыстыбата муҥутаан испитин көрдөрөр кэрчик кэмэ бу томҥа кэрэһилэнэн киирдэ.


Н. Винокуров-Урсун,

поэт, кириитик,

П.А. Ойуунускай аатынан

Государственнай бириэмийэ лауреата

МИН ДОЙДУМ

(1937–1948)

ЫРЫА
Көмүс күнүм санньыйа
Киирэр сирин былдьаста,
Маайа ынах хамыйа
Барар кэмэ уолдьаста.
Ыллыыр чыычаах утуйан,
Айылҕабыт чуумпурда,
Оттуур колхоз уурайан,
Отуу уота умайда.
Паарка ыллаан эрдэҕэ
Маннык намыын киэһэҕэ,
Эдэр ыччат биэрэккэ
Эһиэкэйин эттэҕэ…
Намыын киэһэ дьаарбайа
Тахсыах эрэ, Даарыйа,
Сээкэй туһун аттара
Сэһэргэһиэх таарыйа.
* * *
Ый сырдыгар сүүрүгүм
Ырылыйа дьулуста.
Ырыам аргыһа чыычааҕым
Ыраах кытылга ыҥырда,
Күүгэн аллыбыт бакаалым
Күллэ-салла, дьалкыйда,
Көтөр көҥүлүм дабаана
Көҕөрүмтүйэн көһүннэ.
КЭЛЭР ҮЙЭ КИҺИТИГЭР
Мин төрөөн төлөһүйбүт алааспар
Эн үөскүөҥ, олоруоҥ – билэбин.
Эйиэхэ, ол ыраах бырааппар,
Бу ыллыыр ырыабын аныыбын.
Дьиибэргии, сонньуйа, эн ааҕыаҥ
Дирбийэр мин ырыам хоһоонун:
Биһиги үйэбит халлаанын,
Эн көрүөҥ охсуһуу толоонун.
Биһиги, эн убай дьонноруҥ,
Дүрбүөннээх үйэҕэ олоорпут,
Олохпут бу сырдык хоһоонун
Охсуһуу уотугар айарбыт.
Күн аайы куттанан турбакка,
Өлүүнү утары барарбыт,
Таптыырбыт, ыллыырбыт дьыбарга,
Буурҕаҕа муммуту сирдиирбит.
Мэһэйи, өлүүнү эһэрбит
Эн үөскүүр күөх мичил алааскар.
Күн аайы суол солуур этибит
Өспөт дьол айанын аартыгар.
Көмүскээн чэлгиппит алааспар
Эн үөскүөҥ, мичээриэҥ – билэбин…
«Быраатым, кэлэн мин үрдүбэр
Ахтаар!» – диэн кэриэспин этэбин.
КИЭҺЭ АЛААСКА
Ырааҕынан-чугаһынан
Ынахтар маҥырастылар,
Хаһыҥ курус тыалынан
Эккин-хааҥҥын сайа тыынар.
Бу дойду хас томторун,
Чугастааҕы дулҕаларын
Барытын мин билэрим,
Барытын тэпсибитим.
Үчүгэйиэн дойдум тыала
Сүрэхпин угуттуура,
Умнуллубут ырыа тыла
Уруккулуу сатарыыра.
Ханан эрэ ырааҕынан
Хаҥыл аттар тыбыырдылар,
Харалаабыт хатыҥнарым
Хараҥанан таҥыннылар.
Манна олох, манна тойук,
Манна атын сигили,
Сүрэхпинэн маны куруук
Ахтар, саныыр да этим.
Дьоллоох тойук, дьогдьоот киэһэ,
Дьолу булбут мин дойдум.
…Оҕо буолан ааспыт сааспын
Ордук саныы олордум.
ОЛОХ УОННА ОЛОҤХО
(А. Сурковтуу)
Этиҥ астыа. Сыллар ааһыахтара,
Биһиги кырдьан олоруохпут.
Бүгүҥҥү герой – олоҥхо бухатыыра,
Остуоруйа буолуо биһиги олохпут.
Этиэхтэрэ онно
айыы бухатыыра
Оччолоох-баччалаах
күүстээҕэ диэн,
Өлөр чааһыгар
өлбөт тыыннаах
Ырыа тылларын
эппитэ диэн.
Олоҥхо буолуо
улуу кыргыс туһунан,
Кырдьаҕастар уйадыйа истиэхпит:
Ол олоҥхо ойуулаах номоҕуттан
Амарахтык мичээрдиэхпит.
Оо, доҕоттоор,
Ол бухатыырдардыын
Биһиги буолбаппыат
арыаллаһан үөскээбиттэр,
Кинилэри кытта сайылык сыһыытыгар,
Оскуола олбуоругар
ойуоххалыы оонньообуттар,
Кинилэри кытта
Дьоллоох кэмҥэ
Дьолу үллэстэ
доҕордоспуттар,
Төрөөбүт дойдубут ыар дьылыгар
Хоһуок килиэби
үллэстибиттэр.
Билбэт этибит
Бүтүн күүстээхтэрин,
Киһиттэн ордук
киэптээхтэрин,
Саҥарар саҥалара
ырыа буолар
Сахаттан сабыйа
өйдөөхтөрүн.
Кинилэр сүгэллэрэ
киһи сүгэрин
Сылайан нүксүйбүт көҕүстэригэр,
Үөхсэр буолаллара, өлүү кэллэҕинэ,
Өлүүттэн
сиргэнэр
үгэстэринэн.
Биһиги билэбит:
Үрдүк баҕа,
Дойдуну таптыыр көнө сүрэх,
Көҥүлү таптыыр
модун санаа
Дьон курдук дьоҥҥо
олоортун.
Биһиги билэбит:
Дьон курдук дьон
Ийэ сирдэрин,
бар дьоннорун,
Алдьархайдаах
аат айаҕыттан
Араҥаччылаан ылбыттарын.
Этиҥ астыа,
Сыллар ааһыахтара.
Биһиги кырдьан олоруохпут,
Бүгүҥҥү герой –
олоҥхо бухатыыра,
Остуоруйа буолуо биһиги олохпут.
КЫАЙЫЫ КҮНЭ
Оҕонньорум биһикки


Ваши рекомендации